к 100-летию Дошкольного образования РС (Я)

 

 

 

 

 

 

СЭДИП технологиянан о5о саадыгар культуралар алтыhыылара

Муус устар 17 күнүгэр 2019 сыллааҕы Саха сирин үөрэх министерстватын бирикээҺинэн «Одареннай ребенок» проекка «Арылы Кустук» ситимигэр  киирэн биҺиги уҺуйаан үлэтин са5ылаан бастакы «СЭДИП технологиянан о5о саадыгар культуралар алтыhыылара» диэн Дьокуускай куорат оҕо саадтарын аналлаах семинар кулун тутар 3 күнүгэр 21 №-дээх «Кэнчээри» оҕо саадыгар буолан ааста. 

Сүрүн соругунан. төрөөбүт ийэ тыл эйгэтигэр бигэнэн, уран тылга уҺуйуллан, норуотун ырыатын-тойугун, уус-уран айымньыларын биҺирии, олоҥхо ытык өйдөбүллэрин национальнай сыаннастары иитэргэ тирэҕирии уонна кэнэҕиски кэлбитин иитии буолар. 

Семинарга № 30 «Малышок», № 51 «Кэскил», № 18 «Прометейчик», № 70 «Кэрэчээнэ», № 12 «Улыбка», № 8 «Родничок», № 105 «Умка», № 103 «Родничок», № 4 «Сырдах», № 82 «Мичээр», № 23 «Светик — Семицветик», № 26 «Кустук», № 95 «Зоренька» № 14 «Журавлик», ЧДОУ «Бэби – Сити», из Мегино-Кангаласского улуса с. Тарат д/с «Сулусчаан» оҕо саадтара кэлэн кыттыыны ылан, биҺирээн бардылар.

Ыңырыылаах ыалдьыттарынан буоллулар: 

— Чехордуна Екатерина Петровна, педагогическай наука кандидата, «Арылы кустук» ситим научнай салайааччыта;

— Ефимова Диана Гаврильевна, филологическай наука кандидата, «Саха сирин национальнай  оскуолаларын научнай институт» научнай үлэҺитэ; 

— Захарова Сардана Михайловна, 51№-дээх оҕо саадын сэбиэдиссэйэ,  Дьокуускай куорат сахалыы уһуйааннарын педагогтарын ассоциациятын салайааччыта. 

Семинар кыттыылаахтарын эҕэрдэ тойугунан көрүстэ биҺиги уҺуйааммыт сэбиэдиссэйэ Жанна Николаевна Саввинова.

Кэнчээри» уҺуйаан бэлэмнэнии бөлөх оҕолоро музыкальнай эҕэрдэ ырыалары, нуучча бөлөх о5олоро музыкальнай инструменнарга доҕуҺуоллаан сахалыы матыыптаах дэгэрэн ырыаны ыллаан кэлбит ыалдьыттары эҕэрдэлээтилэр.

 

СЭДИП технология Кэнчээри оҕо саадыгар туҺунан сырдатта сэбиэдиссэй солбуйааччыта Александра Власьевна Платонова.

Сэминарга кэлбит ыалдьыттар театрально-хореографическай саалаҕа фольклор куруҺуок иитээччилэрин толоруутугар «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олонхоттон быҺа тардыыны көрдүлэр.

Олонхону салайан туруорда Людмила Григорьевна Семенова, фольклор эбии үөрэх педагога, үнкүүлэрин – Тамара Ивановна Аммосова, хореограф, музыкальнай өттүнэн киэргэттилэр Лена Семеновна Кычкина, Татьяна Даниловна Габышева, музыкальнай салайааччылар уонна уҺуйаан иитээччилэрэ.

Хас биирдии педагог араас өттүнэнэ дэгиттэр талааннаах буолар, ол талаанынан оҕолорго эрэ буолбакка төрөппүттэргэ, биир идэлээхтэригэр куруҺуок, аҺаҕас дьарык курдук үллэстэллэр.

Бу күн араас быҺыылаахтык маастар кылаастар, оонньуулар маннык хайысханнан буолан аастылар:

— «Полимернай туойуунан Олонхо персонажтарын куукулатын оңоhуллуута» маастар кылаас – Антонова А.Н., Ефремова М.Н., иитээччилэр;

— «Папье-машье техникатынан олонхо геройдарын оңоруу» — Дмитриева Е.И., Филиппова Н.Н., иитээччилэр;

 — «Олонхону билиҺиннэрэргэ остуол театра» — Тихонова В.В., педагог психолог, Федотова С.Е., нуучча бөлөх оҕолоругар саха тылын биэрии эбии үөрэх педагога, Иванова Е.С., иитээччи үөрээ5ин бүтэрээри сылдьар  ЯПК студенката;

— «Тулалыыр эйгэм ыллыга» остуол оонньуута — Яковлева З.И., логопед, Иванова Г.И., Ефремова С.Н., иитээччилэр;

— «Кылыhа5ы таhаарыы технология о5о саадыгар»- Семенова Л.Г., фольклор биэрии эбии үөрэх педагога.

Ыңырыылаах ыалдьыттарбыт семинар төгүрүк остуолга этиилэрин санааларын, ыйытыктарга эппиэттэрин иҺиттибит.

Бүгүңңү семинартан элбэххэ үөрэннибит, саңаны көрдүбүт биллибит, бу курдук семинардар ыытыллаллара туҺалаах, алтыһыы нөҥүө үлэ уоппутун, санаа атастаһыытын, тэрээЬиннэри ыытыы, киэц эйгэ5э тарҕатыы, бэчээккэ тахса турара буоллар диэн аҺаҕас кэпсэтии кэннэ семинар кыттыылаахтара кэккэ этиилэри киллэрдилэр. 

Семинарбытын оҺуохайынан түмүктээтибит. Иилээн саҕылаан семинары ыыттылар Данилова Туяра Константиновна, иитээччи, Федотова Светлана Егоровна, эбии үөрэх педагога.

«Олонхо дойдута оҕолор харахтарынан» оҕолорго аналлаах уруҺуй уонна «Олонхо георойдарын персонажтара» илиинэнараас матырыйаалтан оңоҺуллубут куукула уонна сирэй мааскаларын быыстапкатын тэрийдэ Елена Ионовна Дмитриева.