Паспорт группы подробнее
Сайыннарар эйгэни тэрийии
Сайыннарар эйгэни тэрийии уерэх тэрилтэтин улэлиир хайысхатынан, о5о сайдыытынан, сааьынан, илдьэ сылдьар омугун култууратынан уратылаах буолар. Ол курдук о5о сада, о5о сайдар киинэ, чааьынай о5о тэрилтэтэ, уратылаах о5о сылдьар эйгэтэ тус туспа сайыннарар эйгэни олохтууллар. Онон бу тэрилтэ сайыннарар эйгэтин ис (интерьер) уонна тас (экстерьер) кестуулэринэн кини укулаатын, иитэр-сайыннарар улэтин ситимин, о5ону иитэр култууратын быьарыахха сеп. Билинни кэмнэ сайыннарар эйгэни оноруу тус-туспа киэбинэн барар: тэрилтэ ис-тас кестуутэ биир истииллээх, биир эмэ сахалыы хос, туона, норуот култууратын кердерер кыра музей, муннук буолуохтарын сеп. Ол гынан баран аныгы ирдэбил быьыытынан бу киэптэр о5о хамсыыр-имсиир, суурэр-кетер, чинчийэр, бэйэтэ тутан-хабан оонньуур, онорор кыа5ын хааччахтаабат уларыта-тэлэритэ тутуохха септеех гына тэриллэллэр.
Сайыннарар эйгэни тэрийэргэ маннык ирдэбиллэр тураллар:
— о5о кенуллук арыллан оонньуур, сайдар, керер-билэр дьо5ура аьыллар, сайдар эйгэтин тэрийии;
— о5о доруобуйатыгар куттала суох усулуобуйаны оноруу;
— матырыйаалы, ену туттууга норуот култууратыгар, керуутугэр оло5уруу, кэрэ эйгэтигэр киллэрии;
— о5о уерэ-кете, дуоьуйа сылдьар, тутан-хабан билэ-кере сатыыр, чинчийэр усулуобуйатын тутуьуу;
— о5о5о тиийимтиэ, чугас, кэбэ5эстик, чэпчэкитик уларыта тутарга септеех малы-салы, оонньууру, туттар сэби-сэбиргэли туьаныы.
Сайыннарар эйгэ5э киирэр:
— Дьиэ таьа «Тусаьа»: «Куех туона» (о5о дьаарбайар, оонньуур тэлгэьэтэ); «Туьулгэ» (о5о-аймах, дьон-сэргэ тэрээьиннэри ыытар сирэ); «Оонньуур туона» (о5о суурэр-кетер, чинчийэр сирэ).
1) дьиэ ис кестуутэ: о5ону керсер киирэр сир, керудуер; о5о сылдьар, сайдар эйгэтэ (белехтер хосторо); кэрэ эйгэтин хоьо; оонньуур, сайыннарар, чинчийэр, айар-тутар туона.
2) эти-сиини эрчийэр туона.
Сайыннарар эйгэ керунэ, ис хоьооно о5о тэрилтэтин улэлиир хайысхатынан араас керуннээх киэбинэн оноьуллар. О5о сылдьар дьиэтин бутуннуутун ис-тас кестуутэ, оноьуута, ене-тутула, ойуута-бичигэ, оноьуллар матырыйаала саха норуотун керуутугэр, култууратыгар оло5урар, киирэр аантан о5о орто дойду эйгэтигэр киирбитин кэрэьэлиир.