Кулун тутар 6 күнүгэр 21№ оҕо иитэр сайдар киин «Кэнчээри» уһуйааныгар «Оҕону сахалыы саҥардыахха” диэн төрөппүттэргэ аналлаах аһаҕас кэпсэтии ток-шоу дискуссия быһыытынан буолан ааста.
Иилэн саҕылаан ыыттылар Зоя Ивановна Яковлева, уһуйаан логопеда, Светлана Егоровна Федотова уһуйаан эбии үөрэхтээһин иитээччитэ.
Кыттыыны ыллылар ыҥырыылаах ыалдьыттар: «Ийэ тыл сайдыыта» түмсүү бэрэссэдээтэлэ Никитина Вилюяна Николаевна, «Бэлэм буол» хаһыат редактора Захарова Анна Михайловна, «Чуораанчык» сурунаал редактора Жиркова Татьяна Ильинична, «Хатан» сурунаал редактора Петрова Вера Прокопьевна, НВК «Биьикчээн» биэрии ыытааччыта Барбасытова Лилия Васильевна, «Бичик» бэчээттиир киин сүрүн редакторын солбуйааччыта Андросова Надежда Петровна, маркетолог Индеева Анна Валерьевна, 31 № оскуола алын кылааһын учууталлара — Андреева Зинаида Егоровна, Рожина Лена Игнатьевна уонна маннык кэпсэтии булгуччу наадалаах диэн этии киллэрбит биһиги уһуйааммыт төрөппүтэ «Кыым» хаһыат суруналыыһа Туйаара Сиккиэр.
Аһаҕас кэпсэтиини уһуйааммыт сэбиэдиссэйэ Жанна Николаевна Саввинова саҕылаата. Фольклор куруһуогун оҕолоро, салайааччылара Людмила Григорьевна Семенова чабырҕах этэн көрүстүлэр.
Биһиги сахалыы уһуйааммыт быһыытынан билиҥҥи кэмҥэ сытыырхайан турар «О5ону сахалыы санардыахха» диэн ыйытыкпытыгар ыалдьыттар санааларын үллэстибиттэриттэн төрөппүттэр, уһуйаан иитээччилэри сэргии иһиттилэр уонна кэккэ этиилэри киллэрдилэр.
Ити курдук элбэх ырытыы, кэпсэтии кэнниттэн этэр буоллахха маннык түмсүүлэр биһиги уһуйааҥҥа манан эрэ муҥурдаммакка, инникитин күүстээхтик оҕолорбутун сахалыы тыыннах сахалыы саҥардарга бары бииргэ түмсэн үлэлэһиэхпит диэн эрэнэбит.