«Кэнчээри» оҕо саадын иитээччилэрэ автопробег тэрийдилэр

Икки оҕо саада — куораттааҕы «Кэнчээри» уонна мэҥэтээҕи «Кэнчээри» көрсүһэн уопут атастастылар. Кэрэ аҥаардар куораттан илин эҥээр айаннаан тиийэллэрин — «автопробег» диэн ааттаатылар.

Дьокуускай куорат «Кэнчээри» оҕо саадын иитээччилэрэ Майатааҕы «Кэнчээри» уһуйааҥҥа тохсунньу бүтүүтэ автопробег быһыытынан уопут атастаһа баран кэллибит. Инньэ гынан, икки «Кэнчээри» көрсүһүүтэ буолла. Ол хардарыта саҥаны билэр, иҥэринэр, үлэ хаачыстыбатын үрдэтэр. Бырайыакпытын сэбиэдиссэйбит Жанна Саввинова көҕүлээтэ.

Айан

Мэҥэ кыраныыссатыгар

Улуу Өлүөнэ эбэбит кытылыгар арыылаах алаадьы ууран, «автопеддесаммыт» аартыктаах айаҥҥа турунарыгар Үөһэ Үрдүк Айыылартан көрдөстө.
Буолуохтаах көрсүһүүнэн кынаттанан Майа кыраныыссатыгар тиийбиппит, Майа «кэнчээрилэрэ» номнуо кэтэһэн тураллар эбит, тута алаадьынан күндүлээтилэр.
Майатааҕы «Кэнчээри» уһуйаан 45 сыл устата оҕону иитиигэ үлэлээн кэлбит улуус, өрөспүүбүлүкэ биир бастыҥ үлэлээх оҕо тэрилтэтэ буолар. Уһуйаан үлэһиттэрэ олус истиҥник көрүстүлэр. Үүттээх итии чэй уонна аныгы олох сиэринэн кофе иһэн баран көрсүһүүбүт официальнай чааһыгар саалаҕа муһуннубут. Уһуйаан иитээччилэрэ эҕэрдэ тылынан, ырыанан-тойугунан көрсүһүүбүтүн саҕалаатылар. Семенова К.К. салайар «Мичээр» куруһуок иһинэн үлэлиир «Ырыа ыллыгынан» диэн оҕолор вокальнай инструментальнай ансаамбылларын (ВИА) уонна үлэ бэтэрээнэ Маркова А.П. салайар иитээччилэр фольклорнай бөлөхтөрүн толоруутугар олоҥхоттон быһа тардыыны астына иһиттибит.

Экскурсия

Мэҥэтээҕи «Кэнчээрини» кэпсээтилэр

Салгыы уһуйаан устун экскурсияҕа бардыбыт. Хас биирдии бөлөххө киирэн көрөн истэхпит аайы сэргиирбит элбээн истэ. Иитээччилэр, төрөппүттэр, оҕолор сайдалларыгар анаан араас муннуктар бааллар. Көрдөрөн үөрэтэр босуобуйалары  киһи сэргиир, кэрэхсиир гына олус тупсаҕайдык оҥорбуттар. Бу барыта Майа уһуйаана төрөппүттэри кытта ыкса үлэлиирин түмүгэ буолар.

Маастар-кылаас

Оҕону иитиигэ уопут атастаһыыта

Хардарыта ыытыллыбыт маастар-кылаастар олус сэргэхтик аастылар. Үрдүк категориялаах иитээччи Семенова К.К. ыыппыт маастар-кылааһа олус интэриэһинэйдик ааста. Манна биһиги оҕолор курдук оонньоон да ыллыбыт, пазл хомуйдубут, сыһыаран хартыына оҥордубут. Олоххо бэйэтин миэстэтин булбут, идэтигэр бэриниилээх иитээччи үлэтин көрөн астынныбыт, олус элбэҕи иҥэриннибит. Глен Доман методикатынан уонтан тахса сыл үлэлээбит, үрдүк категориялаах иитээччи Попова Т.П. оҕо толкуйдуур дьоҕурун сайыннарарга, тылын саппааһын байытарга көмөлөөҕүн кэпсээтэ. Бэйэтэ оҥорбут дьарыкка туттар дидактическай матырыйаалларын тарҕатта.
Эмиэ үрдүк категориялаах иитээччи Катаева М.И — өрөспүүбүлүкэтээҕи «Воспитатель года — 2015» курэххэ «Педагог — новатор» номинация хаһаайката. Мария Ивановна суолга сэрэхтээх буолууга интэриэьинэй дидактическай матырыйаал түмпүт. Манна киирбит оонньуулар «Аптаах холбуйа» иһигэр харалла сылдьаллар. Оҕолор бу оонньуулар көмөлөрүнэн суол быраабылатын тутуһарга, сэрэхтээх буоларга үөрэнэллэр.

Дьокуускайдар уопуттара

Елена Захарова кэпсиир

Күн иккис аҥаарыгар, аны биһиги «Кэнчээрибит» кэлэктиибэ үлэтин сырдатта. Үрдүк категориялаах педагог Габышева Т.Д. уһуйааммыт аһыллыаҕыттан үлэлиир буолан, сиһилии билиһиннэрдэ. Салгыы «Лингва» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи «Сосновай бор» оҕо сынньанар киинин иһинэн үлэлиир уһуйаан сэбиэдиссэйэ Иванова М.А. салайар кэлэктиибин үлэтин кэпсээтэ. Бу уһуйаан 2015 сыллаахтан баар. Манна оҕолору трилингвальнай үөрэхтээһин, ол эбэтэр оҕону кыра сааһыттан саха тылын тэҥэ нууччалыы, английскайдыы саҥарарга үөрэтэллэр. Ити кэннэ бэйэбит үлэбитин сырдатар маастар-кылаастары көрдөрдүбүт. Биһиги уһуйааммыт үрдүк категориялаах иитээччилэрэ Антонова А.Н., Дмитриева Е.И. уонна 1 категориялаах иитээччи Филиппова Н.Н. «полимернай туойтан» кукла оҥоруутун көрдөрдүлэр. Иитээччилэр куукула оҥоруутунан дьарыктаммыттара иккис сыллара. Бу олус интэриэһинэй, умсугутуулаах дьарыкка төрөппүттэри эмиэ үөрэтэн араас персонажтары онорбуттара. Оҥорбут куукулалара бука бары олоҥхо дьоруойдара. Бу куукулалар көмөлөрүнэн оҕолор саха норуотун фольклорун, төрүт үгэстэрин билэ улааталлар. Ыытыллар үлэ сүрүн сыала – оҕо саҥарар, кэпсиир дьоҕурун сайыннарыы.


Үөрэҕирии эйгэтэ төрөппүтү кытта ыкса сибээстээх эрэ буоллаҕын,а үтүө түмүктээх буолар. Төрөппүтү кытта үлэ биһиги «Кэнчээри» уһуйааммытыгар ситимнээхтик ыытыллар. Ити хайысха биир көрүҥүн үрдүк категориялаах иитээччи Вырдылина Л.Н. кэпсээтэ. «Сахалыы остуол оонньуута оҕону иитиигэ оруола» диэн тиэмэнэн үһүс сылларын иитээччи Данилова Т.К. былааннаах үлэни ыытар. Элбэх остуол оонньуулара, көрдөрөр босуобуйалар оҕо билиитэ-көрүүтэ кэҥииригэр анаан оҥоһуллубуттар.
Уһуйааммыт логопеда Тарабукина А.А. тустаах улэтигэр эппиэтинэстээх, холку сэмэй майгылаах, куруутун сүбэлиир, көмөлөһөр. Күрсүһүүгэ бэйэтэ оҥорбут дидактическай тэриллэрин (оонньуурдар) көрдөрөн иитээччилэр болҕомтолорун тарта. Анна Алексеевна тарбаҕар талааннаах буолан, оҥорбут оҥоһуктара олус тупсаҕайдар, дьэрэкээннэр.
Эдэр коллегаларбыт Матвеева А.Д. уонна Захарова Е.М. «Сайыннарар эйгэ» диэн презентациянан кыра саастаах оҕолор кыра моторикаларын сайыннарар оонньуурдарын күрдөрдүлэр, кэпсээтилэр. Оонньуурдары иитээччилэр бэйэлэрэ оҥорбут буолан уратылар, оҕо болҕомтотун тардар кэрэ көстүүлээхтэр.

Уйулҕа суолтата

Уйулҕа үөрэхтээҕэ Кривошапкина С.В. төрөппүт уонна оҕо сыһыаныгар сөптөөх сүбэлэри биэрдэ. Сыллата ыытыллар араас таһымнаах ырыа, үҥкүү, фольклор күрэхтэригэр уһуйаан иитиллээччилэрэ көхтөөхтук кытталлар, дипломант, лауреат, хас да төгүллээх Гран-при анал бириис хаһаайыттара буолбуттара. Бу ситиһиилэр барыта музыкальнай салайааччылар үлэлэрин түмүгэ. Уһуйааммытыгар өр сылларга музыкальнай салайааччынан үлэлээн кэлбит үрдүк категориялаах педагог Кычкина Л.С. «Сахалыы музыкальнай инструменнар» билиһиннэриитин, төрөппүттэр оҥорбут музыкальнай инструменнарын мустубут дьон биһирии көрдүлэр. Киһи киһиттэн үөрэнэр. Ол курдук, бу бырайыак хардарыта үлэбит уопутун атастаһан, инникитин үлэлииргэ көҕүлүүр, элбэҕи биэрэр, толкуйдатар үтүө өрүттээх буолара саарбаҕа суох. Бу бырайыакпыт өссө кэҥээн, сайдан, атын улуус уһуйааннара кыттыһан иһиэхтэрэ диэн эрэллээхпит.Бу тэрээһинтэн кынаттанан, өрө көтөҕуллэн, өссө айымньылаахтык үлэлиир санаалаахпыт. Тэрээһиммит түмүгэр ыытыллыбыт маастар-кылаастары ырыстыбыт. Махтал тыллара «Автопеддесаммыт» бастакы хардыытын оҥоророругар, бырайыакпыт идеятын өйөөбүт М.К.Аммосов аатынан ХИФУ Педагогическай институтун оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолор кафедраларын доценыгар Никифорова Т.И. уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһун үөрэҕириитин салалтатын оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолор отделларын начальнига Плотникова Ф.А. этилиннилэр.

 

Галина ИВАНОВА, «Кэнчээри» оҕо саадын иитээччитэ, үрдүк категориялаах иитээччи, Дьокуускай к.

Уопсай хаартыскаҕа түһүү

Источник: http://www.edersaas.ru/o-o-saadyn-iiteechchilere-avtoprobeg-terijdiler/

Педагогический проект «Игры и игрушки народа Саха, как средство духовно-нравственного воспитания детей дошкольного возраста»

Тема: Игры и игрушки народа Саха, как средство духовно-нравственного воспитания детей дошкольного возраста

—Участники проекта: дети, педагоги, родители.

—Паспорт проекта.

Тип проекта: информационно-практический, игровой.

По продолжительности: долгосрочный.

По характеру контактов: групповой, фронтальный.

По предметно — содержательной области: общество – культурное наследие.

Форма представления: презентация.

Актуальность темы.

Республика Саха (Якутия) – уникальный в этнокультурном отношении регион. Национально-культурное пространство – это особая совокупность, включающая в себя понятие нации, национальной культуры, национального самосознания и региональной идентичности. Исторически сложилось так, что в процессе многовекового развития на его территории сформировалось и проживает более 100 народов северной, славянской, тюркской и других этнических групп, имеющих свою культуру, национальные традиции, связанные с древними языческими богами и духами, свое особое внутреннее мировоззрение. Сохранение и развитие каждого этноса – это условие сохранения целостности России. Многонациональность якутии является необходимым условием ее развития.

Проблема гармонизации межнациональных отношений в первую очередь касается молодого поколения. Еще Н.Бердяев сказал: “Человек входит в человечество через национальную индивидуальность…Можно желать братства и единения…всех народов земли, но нельзя желать, чтобы с лица земли исчезли выражения национальных ликов. Национальных духовных типов и культур”.

Все мы живем в особое время, время, когда смешение языков, народов и культур достигло невиданного размаха. Как научиться понимать и принимать человека, живущего рядом с тобой и отличного от себя? Ответ один: формирование коммуникативной, информационной и гражданской компетенций как качеств личности, важных для создания позитивных отношений между людьми разных национальностей.

Цель проекта:

—Воспитание и развитие детей дошкольного возраста на идеях народной педагогики, сохранение самобытности, традиции, культуры и обычаев через игровую деятельность.

Задачи проекта:

—Обучение народным настольным и подвижным играм.

—Расширение и закрепление представлений о народных промыслах по изготовлению игрушек.

—Развитие физических качеств: ловкости, равновесия, быстроты движений по средствам народных подвижных игр.

—Воспитание любви к Родине, доброго, уважительного отношения к творениям рук народных умельцев.

—Использование всех видов устного народного творчества, так как фольклор является богатейшим источником познавательного и нравственного развития детей.

—Вовлечение родителей в проектную деятельность по ознакомлению детей с традициями народа Саха.

Рисунок1 Рисунок2 Рисунок3 Рисунок4 Рисунок5 Рисунок6jpg

Папа, мама, я — спортивная семья

Все родители хотят видеть своих детей здоровыми, веселыми, хорошо физически развитыми. Поэтому, одновременно с заботой о чистоте тела и с удовлетворением потребностей в пище, необходимо создать условия для реализации потребности в активных движениях, которые повышают устойчивость к заболеваниям, мобилизуют защитные силы организма.

Растить детей здоровыми, жизнерадостными – задача каждого ДОУ. В целях пропаганды здорового образа жизни в семье, воспитатели и инструктор по физкультуре ежегодно проводят семейные  спортивные соревнования «Папа, мама, я — спортивная семья». Участвовали семьи пяти подготовительных и трёх старших групп ДОУ.

В спортивном состязании участвовали три команды «Дохсун», «Туймаада» и «Чолбон». Команды прошли следующие этапы соревнования:

1 этап — Бег с кольцами;

2 этап — «Баскетбол» для пап;

3 этап — «Прыжки со скакалка» для мам;

4 этап — Бег «Змейкой»;

5 этап — «Меткий стрелок»;

6 этап — «Посади картошку»

7 этап — Заключительная эстафета

Между этапами дети выступили с музыкальными приветственными номерами.

IMG-20151119-WA0029 IMG-20151119-WA0031 IMG-20151119-WA0032 IMG-20151119-WA0033 IMG-20151119-WA0034 IMG-20151119-WA0035

В завершении участники, дети, педагоги устроили флешмоб.